И.Н.Винокуров аатынан «Айылгы» оройуоннааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр бүгүн улуус народнай коллективтарын 2026 сылга олоххо киириэхтээх кэскиллээх бырайыактарын «Айар куйаар» көрүү-конкурстарын иккис түһүмэҕэ ыытылынна. Чурапчы улууһун дьаһалтата култуура эйгэтигэр норуот уус-уран айымньытын өйүүр буолан 400000 солкуобайдаах Грант олохтонон бу сүҥкэн үлэ ыытылынна. Түөрт түһүмэхтэн турар конкурс балаһыанньата «Айылгы» ОНАДь норуот айымньытын салаатын (сал. Дьячковская Е.Д.) сүрүннээһининэн оҥоһуллан 2025 сыл сааһыгар тарҕаммыта. Ол курдук 6 народнай коллектив: Чурапчы нэһилиэгин «Айыллаан» СК иһинэн «Дьиэрэҥкэй» оҕо үҥкүү народнай ансамбла (сал. Ашеина А-К. В., Седалищева Н.А.) «Боотур уус уолаттара» үҥкүү», Мугудай нэһилиэгин «Көлүкэчээн» оҕо үҥкүү народнай ансамбла (сал. Макарова С.Ф., Холмогорова Т.М.) «Уолусхан улаан аттаах Уһук Туйгун бухатыыр» олоҥхо ойуута үҥкүүгэ олоҕуруута», Дириҥнээҕи народнай театр (реж. Луковцева А.В.) «Дьүкээбил уонна Кустук Куо» музыкальнай литературнай спектаклы туруоруу» уонна народнай хор (сал. Корякин В.Е.) «Хор — түмэр сүдү күүс» олохтоох автордар айымньыларынан дьоро киэһэ», Мындаҕаайытааҕы «Быара суохтар» народнай театр (реж. Дьячковская М.А.) «Н.Островскай «Этиҥнээх ардах» драматын К.Семенов сахалыы тылбааһыгар олоҕуран туруоруу», Чыаппаратааҕы народнай хор (сал. Юмшанова Е.Д.) «Звон пения мужского братства» Ф.Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы народнай хор тэриллибитэ 30 сылыгар анаммыт концерт» проектарын сурукка тиспиттэрин күн бастакы аҥаарыгар экспертнай хамыыһыйа иннигэр көмүскээтилэр. Эбиэт кэннэ тэрээһин практическай чааһа ыытылынна: коллективтар күн бүгүн хайдах таһымҥа туох сыаллаах үлэлии сылдьалларын көрдөрдүлэр. Түмүккэ хайысхаларынан үлэлээбит экспердар, норуот театрын хайысхатыгар П.М.Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуот тыйаатырын режиссера, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ И.И.Бушков, норуот тыйаатырын артыыһа, СР култууратын туйгуна А.М.к.Пинигина, хоровой ырыа хайысхатыгар өр сылларга Чыаппаратааҕы эр дьон хорун салайбыт СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Е.М.Лыткина, үҥкүү хайысхатыгар улууска, республикаҕа ыытыллар улахан түһүлгэлэр хореографтара, Чыаппаратааҕы «Алаҕаркаана» үҥкүү коллективын салайааччыта, СР култууратын туйгуна О.Е.Баишева, Одьулуун нэһилиэгин «Саһарҕа» үҥкүү ансамблын салайааччыта, СР култууратын туйгуна А.А.Аржаков коллективтар салайааччыларыгар туһулаан сүбэ-соргу биэрдилэр, саҥа кэлбит исписэлиистэргэ култуура үлэтин ымпыктарын-чымпыктарын быһаардылар. Грантовай үбүлээһин ханнык коллективка ананарын хамыыһыйа иҥэн-тоҥон илдьиритиһэн, сөптөөх быһаарыныыны ылан аныырын кэлэр нэдиэлэ саҕаланыыта билиэхпит. Култуура эйгэтигэр киэҥ далааһыннаах методическай үлэ салгыы ыытыллар — экспертнай хамыыһыйа аны нэһилиэктэргэ тиийэн бу 6 коллектив миэстэтигэр, о.э. сыһыарылла сылдьар култуура дьиэлэригэр хайдах тэринэн үлэлии сылдьалларын, саҥа исписэлиистэр «народнай» диэн үрдүк аат туһунан туох өйдөбүллээхтэрин сылыктыахтаахтар.
Айылгы Пинигина, «Айылгы» ОНАДь норуот айымньытын салаатын исписэлииһэ








