И.Н.Винокуров аатынан “Айылгы” улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ 5 сүрүн норуот айымньытын жанрыгар үлэлиир специалистарга тирэҕирэн үлэни-хамнаһы норуот айымньытын сайыннарыыга араас хабааннаах, форматтаах үлэ ыытар. Ол курдук “Ай.Тут.Дабай” сайдар Программа чэрчитинэн “Алтыһыы, сатабыл, дьоҕур” түмсүүлэр уонна куруһуоктар түһүлгэлэрин иһинэн үлэлиир биир саамай түмсүүлээх формированиетынан “Үргэл” хореографтар түмсүүлэрэ буолар.
“Үргэл” тэриллибит историятын санаан аастахха 2019 сыллаахха “Айылгы” норуот айымньытын сайыннарар соругу туруорбутугар Анна Егоровна Кузьмина методистыы сылдьан хореография хайысхатын тутан, “Υргэл” хореографтар түмсүүлэрэ тэриллэн аҕыйах кэм иһигэр биир саамай баттаамалаах, күүстээх түмсүү буола үүммүтэ. Анна Егоровна уопсайынан киhи да үлэhит быhыытынан сүрдээх эппиэтинэстээх уонна туруоруммут соругун барытын толорор, айылҕаттан бэриллибит мындыр өйүнэн, киэҥник уонна далааhыннаахтык үлэлиирин сөбүлүүрэ. Түмсүү үүнэн-сайдан тахсарыгар араас хабааннаах киэҥ үлэни ыыппыта.
Билиҥҥи туругунан түмсүүгэ 30-тан тахса чилиэннээх, салайааччынан “Айылгы” НАДь хореограба эдэр кэскиллээх культура үлэһитэ Брызгаев Василий Васильевич үлэлиир.
Бириэмийэ үһүс төгүлүн ыытылынна. Бастакы бириэмийэ туттарыытын форматын Анна Егоровна бэйэтэ тутан-хабан, иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыыппыта. Иккис бириэмийэни 2022 сыллаахха Анна Егоровна күн сириттэн күрэмммит сылыгар хореографтар түмсэннэр кини сырдык кэриэһигэр ананан ыытыллыбыта.
Бириэмийэни ыытыы солбуллубат режиссерунан үһүс сырыытын “Айылгы” НАДь режиссера Элеонора Дьяконова буолар.
Быйылгы дьаһалга кыттыыны ыллылар 2024, 2025 сс. ситиһиилээх үҥкүү коллективтара, Анна Егоровна Кузьмина дьиэ-кэргэнэ, чугас-аймах билэ дьоно “Үргэл” түмсүү сайдыытыгар анал бириис олохтоон, салайааччы Брызгаев В.В.туттардылар, ону тэҥэ биэчэри киэргэттилэр, саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Олимпия, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет иһинэн үлэлиир “Уран” үҥкүү коллектива, салайааччы Ньургун Индеев, бу коллектив 2026 сыл олунньу ыйга гастроллуу кэлээри бэлэмнэнэр. Тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан кыттыыны ыллылар, биир дойдулаахтарбыт: Кузьмина Мария Александровна, Бүтүн Россиятааҕы «Көмүс мааска-2025» бириэмийэ балет хайысхатыгар «Бастыҥ дьахтар оруола» номинациятын туһааннааҕа, СР үтүөлээх артыыһа, Опера уонна Балет государственнай театрын солистката; Дмитриева Дария Ивановна, Михаил Ефимович Николаев аатынан Бириэмийэ лауреата, СР үтүөлээх артыыһа, Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балет оскуолатын директора; Терютин Николай Николаевич, республикатаааҕы норуот айымньытын дьиэтин специалиһа, уопсай үөрэхтээһин эйгэтин Бочуоттаах үлэһитэ, СРгар культура, үөрэхтээһин, ыччат политикатын туйгуна; Катакова Сардана Алексеевна, СРгар культура, үөрэхтээһин, ыччат политикатын туйгуна, “Айыы кыһата” национальнай гимназия иһинэн “Сандал” оҕо-үҥкүү ансаамбылын уус-уран салайааччыта, үрдүкү категориялаах уһуйааччы.
Бу күн өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин, Чурапчы улууһун социальнай экономическай сайдыытыгар кылааттарын сыаналаан туран “Чурапчы улууһа” муниципальнай оройуон Бочуот бэлиэлэрэ туттарылыннылар:
- «Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин 2-ис истиэпэннээх” Бочуот бэлиэтэ туттарылынна улууска, республикаҕа үҥкүү сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах Сивцева Елена Петровнаҕа –«Радость» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин педагогар, Российскай федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитигэр, Российскай федерация үөрэҕириитин, Саха республикатын культуратын туйгунугар, аан дойдутааҕы «Азия оҕолоро» фонда стипендиатыгар, «Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин» Бочуоттаах бэлиэ 3 үрдэлин туһааннааҕар, Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор;
- “Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин 3 истиэпэннээх” Бочуот бэлиэтэ туттарыллынна Кузьмина Мария Александровнаҕа, Бүтүн Россиятааҕы «Көмүс мааска-2025» бириэмийэ балет хайысхатыгар «Бастыҥ дьахтар оруола» номинацитын туһааннааҕар, СР үтүөлээх артыыһыгар, Опера уонна Балет государственнай театрын солисткатыгар.
Бэлиэлэри тыл этэн туттарда “Чурапчы улууһа” муниципальнай оройуон баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Кронникова Мария Филипповна.
Ону тэҥэ Чурапчы улууһун культура эйгэтигэр үҥкүү сайдыытыгар олохтоммут «БИЛИНИИ» бэлиэ хаһаайыннарынан буоллулар:
- Кириллина Клара Михайловна, Андрей Петрович Гоголев аатынан Чурапчытааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар үҥкүү үрдүкү категориялаах уһуйааччыта, СР култууратын туйгуна, норуот уус-уран айымньытын эйгэтигэр СРтын правительствотын стипендиата, «Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин» Бочуоттаах бэлиэ 3 үрдэлин, “СРгар норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин”, “СРгар үөрэхтээһин эйгэтигэр культураны уонна искусствоны сайыннарыыга кылаатын иһин” бэлиэлэр туһааннаахтара. Бэлиэни туттарда Чурапчы улууһун культураҕа салалтатын салайааччыта Гуляев Петр Егорович.
- Сивцева Елена Петровна, «Радость» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин педагога, Российскай федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Российскай федерация үөрэҕириитин, Саха республикатын культуратын туйгуннара, аан дойдутааҕы «Азия оҕолоро» фонда стипендиата, «Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин» Бочуоттаах бэлиэ 3 үрдэлин туһааннааҕа, Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Бэлиэни туттарда улуустааҕы «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтин хореограба, «Үргэл» хореографтар түмсүүлэрин председателэ Брызгаев Василий Васильевич.
Айылгы улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ туруорбут анал бирииһин Чыаппаратааҕы «Алаҕар далбардара» үҥкүү ансаамбыла тутта.
Быйылгы “Үргэл” бириэмийэтин 5 ситиһиилээх, бастыҥ үлэлээх хореографтар туттулар:
- Баишева Ольга Егоровна, «Үөрүү» оҕо сайдар киинин Алаҕардааҕы филиалын хореограба, «Алаас ыччата», «Алаҕаркаана», «Алаҕар Далбардара» үҥкүү коллективтарын салайааччыта, СР культуратын уонна үөрэҕириитин туйгуна.
- Аржаков Алексей Алексеевич, «Үөрүү» оҕо сайдар киинин Одьулуунааҕы филиалын хореограба, «Саһарҕа», «Сардаҥа» үҥкүү коллективтарын салайааччыта СРгар ыччат политикатын туйгуна.
- Сивцева Мария Анатольевна, эбии үөрэхтээһин педагога, «Үөрүү» оҕо сайдар киинин Төлөйдөөҕү филиалын хореограба, «Үрдэл» оҕо үҥкүү ансаамбылын салайааччыта.
- Ашеина Аси-Куо Васильевна, И.И.Кандинскай аатынан «Айыллаан» культура киинин «Дьиэрэнкэй» оҕо-үҥкүү народнай ансаамбылын, «Арылы» уонна «Чолбон» ыччат-үҥкүү ансаамбылларын салайааччыта, «Надежда культуры» бэлиэ хаһаайката.
- Попова Майя Константиновна, «Кыталык» оҕо сайдар киинин уонна Иван Михайлович Павлов аатынан оскуола хореограба, «Кыталыкчаан» оҕо-үҥкүү ансаамбылын салайааччыта.
Икки сылга биирдэ ыытыллар “Үргэл” бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома бэйэтин тула айа-тута сылдьар улууспут хореографтарын, үҥкүү коллективтарын түмэн, инникитин даҕаны күндү көрөөччүлэрбитигэр чаҕылхай сонун нүөмэрдэри таһааран иһиэхтэрэ турдаҕа.
“Үргэл” Бириэмийэни туттарыы улууспутугар культура хайысхатыгар дьон-сэргэ кэтэһэр биир улахан Бырайыак буолан үүнэн-сайдан тахсарыгар, бириэмийэни төрүттээбит Анна Егоровна үлэлээбит үлэтин үйэтитиигэ үлэ өссө да ыытылла турар.
Материалы бэлэмнээтэ:
И.Н.Винокуров аатынан улуустааҕы “Айылгы” норуот айымньытын дьиэтин, норуот айымньытыгар салаатын салайааччыта, СР культуратын туйгуна Дьячковская Е.Д.











