Россия норуоттара биир сомобо буолууларын,
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура,
Социалистическай Үлэ Дьоруойа
Роман Иннокентьевич Константинов 130 сылынан,
улуустаа ы норуот айымньытын дьиэлэрин икки ардыларыгар
«Талба талааннар” айар күрэс чэрчитинэн ыытыллар
«ДОРБООННООХ ТОЙУК» күрэх балаһыанньата
Россия норуоттара биир сомоҕо буолууларын,
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура,
Социалистическай Үлэ Дьоруойа
Роман Иннокентьевич Константинов 130 сылынан,
улуустааҕы норуот айымньытын дьиэлэрин икки ардыларыгар
“Талба талааннар” айар күрэс чэрчитинэн ыытыллар
«ДОРҔООННООХ ТОЙУК» күрэх балаһыанньата
Тэрийээччилэр: Чурапчы улууһун култуураҕа салалтата, И.Н.Винокуров аатынан “Айылгы” ОНАДь норуот айымньытын салаата.
Күрэх ыытыллар бириэмэтэ: бэс ыйа
Күрэх сыала соруга:
- Тойугу жанр быһыытынан тарҕатыы;
- Чурапчы улууһугар эр-дьон тойугун сайыннарыы;
- Саҥа талааннары арыйыы.
Күөн-күрэс ирдэбилэ:
- Күөн-күрэскэ нэһилиэктэн биирдии эбэтэр бөлөҕүнэн эр дьон кыттыыны ылаллар;
- Кыттааччы толорор репертуара дьөһөгөй оҕотун эбэтэр үлэ киһитин хоһуйар;
- Кыттааччы сааһа 18-тан – 55-гэр диэри;
- Кыттааччы толорор композициятын араас маатыыптаан толороро көҥүл;
- Толоруу бириэмэтэ 5 мүнүүтэттэн уһаабат;
- Тойугу саха төрүт музыкальнай үнүстүрүмүөннэринэн доҕуһуоллатар биһирэнэр.
Сыаналааһын ирдэбиллэрэ:
- кыттааччы кыаҕа, сыһыана, сатабыла;
- айымньыны аныгылатан толоруута;
- уобараһы чаҕылхайдык арыйыыта;
- кыттаачы таҥаһа-саба, туттар мала-сала;
Билсэр аадырыскыт: Чурапчы оройуона, Чурапчы сэл, И.Н.Винокуров аатынан «Айылгы» — оройуоннааҕы норуот аймньытын дьиэтэ, email:aiylgy_churapcha@mail.ru 89245676453 – фольклор специалиһа – Марианна Диодорова.
Норуот айымньытын салаатын сэбиэдиссэйэ: Дьячковская Е.Д.
Фольклор специалиһа: Диодорова М.С.