
Чурапчы улууһугар биллэриллибит бэйэ оҥорон таһаарыытын сылын айхаллаах арыллыыта олунньу 18 күнүгэр “Айылгы” оройуоннааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр урбаанньыттары, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин үлэһиттэрин уонна уран тарбахтаах маастардары түмтэ.
2023 сыл түмүгүнэн улуус норуот уус-уран оҥоһуктарын уран тарбахтаах маастардарыгар көмө быһыытынан анаммыт бастакы Граны ылбыт СР норуот маастара Надежда Ахматова, норуот уус-уран оҥоһук маастардара Иннокентий Адамов уонна Прокопий Екечьямов оҥоһуктара, 16 нэһилиэктэн 12 уран тарбахтаахтар түмсүүлэрэ, 62 биирдиилээн киһи (ол иһиттэн 19 улуус уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах норуот маастардара) кытыннылар.
Тоҕус сүрүн көрүҥҥэ (тимир, мас, туой, туос, кыл-сиэл, муос, сувенир оҥоһуктар, ат симэҕэ уонна төрүт иис хайысхаларыгар) кыайыылаахтар 1-ы, 2-с, 3-с үрдэл дипломнарын туттулар. Дьүүллүүр сүбэ бастыҥ үлэлэрдээх кэккэ маастардарга кулун тутар саҥата ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Уус күнүн чэрчитинэн ыытыллар “Айар-тутар Саха сирэ” (Якутия мастеровая) быыстапкаҕа кыттыыны ыларга эттэ.
2025 сыл түмүгүнэн Чурапчы улууһун баһылыгын Саргыдаев С.А. Гранын туоһу суруктарын Чурапчы улууһугар норуот маастардара Олег Никифоровка «Литейная технология ювелирного ремесла в мастерской «Сиэдэрэй симэх», Наталья Гуляеваҕа “Туойдьут төлөйдөр”, Светлана Дьячковскаяҕа «Воссоздание конского убранства «Чаҥкый толору симэҕэ», СР норуот маастара Александра Оконешниковаҕа «Олоҥхо ыһыаҕын иһитэ – туос иһит» бырайыактарыгар саҥа талыллыбыт уустар уонна маастардар ассоциацияларын председателэ Таисия Титовна Брызгаева туттарда.
“Айхаллан, айылгылаах түһүлгэ!” быыстапка Чурапчы улууһугар Уус күнүгэр туһуламмыт тэрээһин буоларын туһунан “Ай” студия салайааччыта Айылгы Пинигина бэлиэтээтэ.



























Чурапчы улууһугар норуот маастарын күнүн чэрчилэринэн ыытыллар
“Айхаллан, айылгылаах түһүлгэ!”
нэһилиэктэр уустарын, иистэнньэҥнэрин икки ардыларыгар
көрүү-быыстапка түмүк боротокуола
| БИҺИРЭБИЛ | Кыттааччы АААА | Нэhилиэгэ |
| Тимир оҥоһук хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Иустинов Иван Николаевич | Хатылы |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Константинов Анатолий Иванович | Хатылы |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Кузьмин Анатолий Сергеевич | Болугур |
| Мас оҥоһук (иһит-хомуос, дьиэ тэрилэ) хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Пономарев Михаил Николаевич | Кытаанах |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Платонов Семен Семенович | Хатылы |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Местников Айаал Афанасьевич | Болтоҥо |
| Ат симэҕин хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Петрова Мария Петровна | Одьулуун |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Петрова Августина Егоровна | Одьулуун |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | ||
| Төрүт иис хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Сибирякова Лариса Архиповна | Одьулуун |
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Адамова Мотрена Егоровна | Мугудай |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Карамзина Мария Ильинична | Одьулуун |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Слепцова Надежда Владимировна | Чурапчы |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Слепцова Раиса Петровна | Бахсы |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | “Күбэйэ” түмсүү | Хайахсыт |
| Туой оҥоһук хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Нестерева Анна Михайловна | Төлөй |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Гоголева Марта Михайловна | Төлөй |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔЫН | Ючюгяева Саргылаана Васильевна | |
| Туос оҥоһук хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Монастырева Прасковья Васильевна | Кытаанах |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Сивцева Елена Петровна | Сылаҥ |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔЫН | Дьяконова Розалия Иннокентьевна | Мугудай |
| Кыл-сиэл оҥоһук хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Гуляева Дария Николаевна | Чурапчы |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Демешина Мария Тихоновна | Чурапчы |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔЫН | Попова Екатерина Михайловна | Төлөй |
| Муос оҥоһук хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Юмшанов Айаал Иванович | Алаҕар |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Неустроев Изот Изотович | Одьулуун |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Чичигинаров Урсун Григорьевич | Хатылы |
| Сувенир оҥоһук хайысхатыгар | ||
| БАСТАКЫ ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Никифоров Олег Семенович | Чурапчы |
| ИККИС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Дьячковская Лена Дмитриевна | Болугур |
| ҮҺҮС ҮРДЭЛ КЫАЙЫЫЛААҔА | Игнатьева Туйаара Иннокентьевна | |