Чурапчы улууһун “Айылгы” норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн быйыл үһүс төгүлүн төрөөбүт төрүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн “Мин сахабын” бэстибээл ыытылынна. Быйылгы тэрээһин Саха сирин автономията 100, саха алпаабытын төрүттээччи, лиҥгибиис-учуонай С.А.Ноҕоруодап 130, Чурапчы улууһугар Ийэ сир сылыгар ананна.
Араас көлүөнэ дьон патриоттуу өйдөөх-санаалаах буолуутун пропагандалыыр, бэйэ норуотунан киэн туттууну үөскэтэр, саха тылын уонна култууратын киэҥник тарҕатар, талааннаах дьону культурнай олоххо сыһыарар сыаллаах-соруктаах бэстибээл бастакытын 2020 сыллаахха ыытыллыбыта, бары хайысхаларга кыттааччы элбэҕэ, уустуга суох усулуобуйалааҕа биир бастыҥ тэрээһиммит буолбута. Хамсык кэмэ саба бүрүүкээн былырыыҥҥы уонна быйылгы бэстибээл куйаар ситимин нөҥүө ыытылыннар даҕаны 6 хайысханан үгүс элбэх оҕо, ыччат уонна аҕам да саастаах дьон кытынна. Салгыы сайтпытыгар, кыайыылаахтары ааттаан-суоллаан билиһиннэрэбит.