Айхаллаах Амма сиригэр Олоҥхо ыһыаҕа олус диэн сиэдэрэйдик, түөллэр түмэн түһүлгэлэринэн ыытыллан өрө көтөҕүллүүлээхтик, саха эрэ астынар гына ыытылынна. Чурапчы улууһуттан Уран уустар күрэхтэригэр быйылгы ыһыахха сүрүннээн кыл-сиэл, тирии, төрүт иис оҥоһуктарынан кытыннылар. Түмүк маннык буолла:
⚜️»Бастыҥ болгуо кыптыый» тимир уустарын күрэҕэр Константинов Анатолий Иванович (Хатылы) «Сайдар Уус» анал аат — 5000
⚜️ «Үс дойду ытык иһитэ» мас уустарын күрэҕэр Егоров Гаврил Васильевич, Местников Айаал Афанасьевич (Болтоҥо) Таатта улууһун баһылыга А.С. Бурцев анал бирииһэ — 20 000
⚜️ «Саха норуотун уонна саха сирин төрүт олохтоох омуктарын таҥаһа» иистэнньэҥнэр күрэхтэригэр
«XVII-XIX үйэтитээҕи үгэс буолбут дьахтар эбэтэр эр киһи таҥаһын сөргүтүү» Ахматова Надежда Прокопьевна (Чурапчы) 3 үрдэл — 30 000
«Аныгылыы тупсарыллыбыт сахалыы уонна хотугулуу истииллээх мааныга кэтиллэр таҥастар» » Ай Тик Кэт» оҕо мода студията салайааччы Дьячковская Альбина Семеновна (Чурапчы) 3 үрдэл — 10 000
⚜️ «Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ» ат симэҕин күөн күрэһигэр Петрова Августина Егоровна (Одьулуун) 3 үрдэл — 50 000
⚜️ «Уран иэйии, ойуу — дьарҕаа, талба талаан түһүлгэтэ» норуот уус — уран оҥоһуктарын күрэҕэр
🔅Кыл- сиэл оҥоһуктар, сөрүө Мария, Иван Демешиннар 1 үрдэл — 40 000,
🔅Мастан оҥоһуктар Егоров Гаврил Васильевич (Болтоҥо) анал аат — 5 000,
🔅Туостан оҥоһуктар Гермогенова Акулина Николаевна (Болугур) анал аат — 5 000,
🔅Төрүт иис Попова Александра Петровна (Хатылы) анал аат — 5 000,
🔅»Бастыҥ кыл сэлээппэ» Анемподистова Мотрена Григорьевна (Хоптоҕо) анал аат — 5 000,
🔅»Бастыҥ сыахай» Кузьмина Изабелла Степановна (Төлөй) — 5 000
⚜️ Төрүт үгэһинэн оҥоһуллубут саха ох саатын күөн күрэһигэр «Сахалыы оҥоһуулаах ох саа» кыайыылааҕа Попов Павел Константинович (Болугур) — 40 000, ырааҕы ытыыга 3 үрдэл — 20 000
Маны таһынан СР норуот маастара Анна Николаевна Григорьева төрүттээбит Одьулуун нэһилиэгин Түмээ Туоскун аатынан «Сайдыс» норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир «Иэйэхсит» түмсүүтүн иистэнньэҥнэрэ Саха сирин норуодунай худуоһунньуга Петр Романов «Витязь с невестой» хартыынатыттан боотур сүгүннэрэн иһэр кыыһын таҥаһын тигэн ыһыах дьонун сөҕүүтүн-махтайыытын ылыан ыллылар. Норуот айымньытын дьиэтин директора Валентина Леонидовна Аржакова, иистэнньэҥнэр Августина Егоровна Петрова, Елена Дмитриевна Артемьева иилээн-саҕалаан сүҥкэн үлэни оҥордулар.
Чурапчы нэһилиэгин «Утум» уус дьиэтин түмсүүлэрин кыттыылаахтара Олоҥхо ыһыахтарыгар сыллата ситиһиилэнэллэр: Надежда Ахматова салалтатынан иистэнэр «Силик» түмсүү улахан ситиһиилэрэ — Ил Дархан грана — Амма ыһыаҕын кэмигэр кэлбитэ улахан суолталаах буолла. А.С. Николаев бэйэтинэн Чурапчы улууһун быыстапкалыыр павильонугар кэлэн эҕэрдэлээбитэ үөрүүнү үксэттэ.
Сылтан сыл кыттааччы эдэримсийэн иһиитэ, уһуйааччы уонна уһуйуллааччы дьоҕурдарын холбоон уран оҥоһүктары айаллара, түмэллэргэ хараллан сытар экспонаттары сөргүтүү норуот материальнай культурата сайдар кэскиллээҕин кэрэһитэ.
Муосчут кыыһа Айылгы Пинигина, «Ай» норуот студиятын сүрүннүүр специалиһа