Чурапчыбытыгар араас талааннаах эдэр ийэлэр бааллар. Олортон биирдэстэрэ, Чурапчы нэһилиэгин иккис дойду оҥостон олорор Нам улууһун Арбыныттан төрүттээх, үс оҕо иһирэх ийэтэ, тапталлаах кэргэн Анна Дьяконова буолар. Анна Леонидовна “Айылгы” оройуоннааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр баар Ил Дархан Е.А.Борисов библиотекатын сүрүннүүр специалиһа. Иллэҥ кэмигэр акрил кыраасканан точечнай ньыманан өстүөкүлэ тааска ойуулаан харысхаллары, хартыыналары уруһуйдуур.