“Уран уус түһүлгэтэ” улуустааҕы уран тарбахтаахтар быыстапкаларын түмүгэ

“Уран уус түһүлгэтэ” улуустааҕы уран тарбахтаахтар быыстапкаларын түмүгэ

🌿🌺☀️🌿🌺☀️🌿🌺☀️🌿
Чурапчы ыһыаҕын чэрчитинэн ыытыллыбыт “Уран уус түһүлгэтэ” улуустааҕы уран тарбахтаахтар быыстапкалара быйыл нэһилиэктэр түмсүүлэрин оҥоһуктарыттан таҥыллан, дьаарбаҥка быһыытынан ыытылынна, онон тэрийэр хамыыһыйа эрдэттэн билэр оҥоһуктарын көрдө, таҥан туруорууларын сыаналаата. Балаһыанньа өйдөнүмтүө гына оҥоһуллубута эрээри, 17 нэһилиэктэн 11 кытынна. Маастар-кылаастар эмиэ аҕыйах буолан биэрдилэр, бэйэ нэһилиэгин дьаарбаҥкатыгар ыҥырыы-афиша куйаар ситиминэн олох да кэлбэтэҕэ…Ол да буоллар күрэх аата күрэх, түмүк таҕыста:

Кыайыылаахтар:
🌿1 миэстэ-Чурапчы нэһ. “Утум” уус дьиэтин түмсүүтэ (сал. А.Н.Петрова);
🌿2 миэстэ-Болугур нэһ. “Дьарҕаа” түмсүүтэ (сал. С.А.Дьячковская);
🌿3 миэстэ-Кытаанах нэһ. “Уран” түмсүүтэ (сал. Е.Т.Миронова).

Анал ааттар:
🌿Мас оҥоһукка-Иннокентий Слепцов (Алаҕар нэһ);
🌿Тимир оҥоһукка-Анатолий Константинов (Хатылы нэһ);
🌿Ат симэҕэр-Августина Петрова (Одьулуун нэһ.);
🌿Төрүт иискэ-“Күбэйэ” түмсүү (Хайахсыт нэһ.);
🌿Туой оҥоһукка-Ирина Филиппова (Хадаар нэһ.);
🌿Туос оҥоһукка-Барашкова сыдьааннара (Кытаанах нэһ.);
🌿Кыл-сиэл оҥоһукка-Александра Попова (Хатылы нэһ.);
🌿Муос оҥоһукка-Семен Аржаков (Хатылы нэһ.);
🌿Сыахай, сувенир оҥоһукка-“Дьэрэкээн” түмсүү (Бахсы нэһ.).

Саха төрүт культуратын сайдыыта – хас биирдии нэһилиэккэ уран тарбахтаахтар түмсүүлэрин үлэтиттэн улахан тутулуктаах. Онон тоҕус көрүҥү симэлиппэккэ салгыы тупсаран, эдэр дьону уһуйан иннин диэки хамсааһыны таһааран иһиэххэ наада.

                                    Бэс ыйын 16 күнэ, 2024с.

“Ай” народнай студия. Материалы бэлэмнээтэ Пинигина А.М.к.

Добавить комментарий