🌿☀️🌺🌿☀️🌺🌿☀️🌺🌿
Сахалыы таҥныы – ыһыах эрэ кэмигэр буолбакка, атын да араас тэрээһиннэргэ аҕыйаҕа суох көстүү буолла. Ардыгар ирдэбил быһыытынан, ардыгар биир санаалаахтар уопсай быһаарыныынан дьүөрэлэһэр (look) көстүүмнэри тиктэн кэтэллэрэ элбээтэ. Ол курдук family-look хайысха дьиэ кэргэҥҥэ бары өттүнэн табыгастаах буолан тахсар: уопсай көстүүтэ даҕаны, төрөппүт уонна оҕо биир буолуулара да өйдөнөр. “Маанылаах Маҕаайы сиэдэрэй симэхтэрэ” сахалыы таҥас күөн-күрэһэ балаһыанньа быһыытынан икки түһүмэхтээх этэ: ыал, аймах, дьиэ кэргэн уонна оҕо таҥаһа диэн. Бастакыта улуус баһылыгын холбоһуктаах күрэҕэр киллэриллэн кыттааччыта элбэх. Оҕо таҥаһыгар, хомойуох иһин, биир эрэ кыттааччы буолан бастакы түһүмэхтэн оҕолорун таҥаһыгар болҕомто ууран сыаналаатыбыт:
Ыал, аймах, дьиэ кэргэн таҥаһыгар:
☀️1 миэстэ – Харитина, Михаил Дьячковскайдар сыдьааннара, Болугур нэһ.;
☀️2 миэстэ – Надежда, Егор Гоголевтар дьиэ кэргэннэрэ, Хоптоҕо нэһ.;
☀️3 миэстэ – Светлана, Николай Демьяновтар дьиэ кэргэннэрэ, Арыылаах нэһ.
Оҕо таҥаһыгар:
☀️1 миэстэ – “Ай-тик-кэт” мода театра (сал. Дьячковская А.С.), Чурапчы нэһ.;
☀️2 миэстэ – Алексина, Аар Одун Кривошапкиннар оҕолоро, Чурапчы нэһ.;
☀️3 миэстэ – Виктория, Виктор Егоровтар оҕолоро, Чакыр нэһ.
Күрэх түмүгүнэн, дьон сахалыы таҥныыга болҕомтото улаатыан наада, күһэйии көмөтүнэн эрэ буолбатах. Оҕону сахалыы тыыҥҥа иитиигэ саха таҥаһа эмиэ кырата суохтук дьайар, билиҥҥи кэмҥэ араас тупсаҕай, оҕо этигэр буортута суох матырыйаал, киэргэтии эҥин-эгэлгэтэ атыыга талбыт баар.
Бэс ыйын 16к., 2024с.
“Ай” нарднай студия. Материалы бэлэмнээтэ Пинигина А.М.к.