2025 сыл тохсунньу 10-ус күнүгэр Чурапчы улууһун общественноһа Россия Художествотын Академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Духуобунас Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, профессор, Саха АССР Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин бастакы лауреата, ССРС худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, Саха республикатын, Чурапчы улууһун Бочуоттаах гражданина Афанасий Петрович Мунхалов 90 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэр циклларыттан бастакыта — «Саха сарсыҥҥылаах санаата» көһө сылдьар дьоҕус быыстапка арыллыыта Е.А.Борисоа архыып-бибилэтиэкэтигэр буолла. Сүдү талааннаах Ытык киһибит айар үлэтин көрөөрү дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан бэрт сэргэхтик алтыстыбыт. Улуус депутаттарын Сэбиэтин председателэ Я.П.Оконешников, улуус култууратын салалтатын салайааччытын солбуйааччыта М.В.Смирников, 2025 сылга Афанасий Мунхаловка анаммыт сыл тэрээһиннэрин сүрүннээччи Дьячковская Е.Д. 2025 сыл бастакы тэрээһининэн эҕэрдэлээн тыл эттилэр. Афанасий Петровиһы кытта ыкса алтыспыттар ааттарыттан В.А. Платонова, В.Н.Дьячковскай эттилэр. Быыстапка тохсунньу 10 күнүттэн кулун тутар 10 күнүгэр диэри туруо.